Дьокуускайтан Минеральные воды рейс нэдиэлэҕэ иккитэ оҥоһуллар. Москваҕа тохтоон ааһар. Боинг 737-800 сөмөлүөт көтөр, диэн СИА авиахампаанньа саайтыгар сигэнэн кэпсиир.
Дьокуускай – Минеральные воды хайысханан көтүү чэпчэтиинэн туһанар гражданнарга субсидиялаах. Билиэттэри билигин атыылаһыахха сөп.
Российскай Федерация правительствота бу манна федеральнай таһымнаах куорат-курорт диэн статуһу иҥэрбитэ. Оттон регион Россия биир ураты миэстэтинэн биллэр.
This post was published on 23.09.2019 10:10 10:10