Универсальнай атомнай ледоколу оҥоруу 22220 бырайыагын «Якутията» үлэҕэ тахсыыта ахсынньы 28 күнүгэр былааннанар. Ол туһунан «Росатом» госкорпорация Арктиканы сайыннарыы бопппуруостарыгар анал бэрэстэбиитэлэ Владимир Панов эттэ, кини Росатом Техническай академиятыгар дакылаат оҥордо, суруйар ТАСС.
«Быйыл биһиги өссө «Якутияны» таһаарабыт — ахсынньы 28 күнүгэр», — диэтэ Панов.
Росатом Хотугу муора суолун сайыннарыыга ыытар үлэтин кэпсииригэр, Панов хотугу муора суолунан тиэйии-таһыы сыл бүтүүтүгэр борогунуоһунан саҥа рекорду олохтуурун бигэргэттэ. «2023 сылга рекорд — 36,25 мөл туонна тиэйилиннэ, 2024 сылга саҥа рекорд — барыллаан 37,6 мөл туонна», — диэтэ кини.
«Якутия» универсальнай атомнай ледокол — 22220 бырайыак төрдүс суудуната, Балтийскай собуокка Росатом сакааһынан, «Айберг» ЦКБ оҥорбут бырайыагынан таҥыллар.
This post was published on 10.12.2024 13:08 13:08