Саха сирин олохтоохторо Туймаада ыһыаҕар бэлэмнэнэллэр. Маҕаһыыннарга таҥас тиэрдиитэ улаатта. СИА корреспондена национальнай бырааһынньыкка хайдах өҥнөөх таҥастака наадыйыы улааппытын билистэ.
Национальнай бырааһынньык Дьокуускайга, коронавируһунан пандемия кэнниттэн, бэс ыйын 25 — 26 күннэригэр, үгэскэ кубулуйбут киэбинэн ыытыллыаҕа.
Маҕаһыыннарга халлаан, от күөҕэ уонна кыһыл өҥнөөх таҥастка наадыйыы улаатта.
«Ыһыах икки сыл буолбатаҕа биллэр. Таҥас үчүгэйдик барар. Маҕаһыыннарга тириэрдии икки бүк эбилиннэ.
Саха сирин дьахталлара муар, штапель уонна софт матырыйаалы талаллар. Өскөтүн урукку сылларга биир туоннаах таҥаһы талар эбит буоллахтарына, билигин чаҕылхай өҥнөөҕү комбинируйдууллар», — диэтэ «Оhуор» маҕаһыын старшай атыыһыта Вера Потапов
Сиһилии https://ysia.ru/pered-ysyahom-v-yakutske-vyros-spros-na-tkani-sinego-krasnogo-i-zelenogo-tsvetov/
This post was published on 08.06.2022 17:01 17:01