Быйылгы национальнай бырааһынньык ыытыллыытын уратыларын туһунан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ СМИ-тын кылаабынай редактордарын кытта кэпсэтиигэ эттэ. Кини иһитиннэрбитинэн, быһаарыы ылыныыга чопчу улууска эпидемиологическай балаһыанньа хайдаҕыттан тутулуктаныахтаах.
«Билигин оройуоттарга уонна куораттарга балаһыанньа араастаһар. Биһиэхэ биир да коронавирус түбэлтэтэ бэлиэтэммэтэх улуустара бааллар. Ол иһин ыһыах буоларын дуу, буолбатаны дуу тустаах улуус баһылыга быһаарыан наада, балаһыанньаны билэн, тутан олорон. Ирдэбиллэри туруоруохпут, ону тутуһуохтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыһыахтары ыытыы болдьоҕун кыччатан биэриэххэ сөп. Барыларын биир кэмҥэ 5-7 күн эрэ иһигэр оҥоруохха наада», — диэтэ Айсен Николаев.
Өлүөхүмэ оройуонугар ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын тула санаатын эмиэ эттэ.
«Өлүөхүмэ оройуонугар билигин ыалдьыбыт киһи суох. Бырааһынньыгы култуурунай бырагыраамаҕа Дьокуускайтан кыттааччы ахсаанын, ыалдьыттары аҕыйатан туран ыытыахха сөп. Пандемия усулуобуйатыгар ылыллыбыт миэрэлэри булгуччулаахтык тутуһар ирдэнэр», — диэтэ Ил Дархан.
This post was published on 29.05.2020 10:01 10:01