Өбүгэ оонньуулара диэн былыргыттан баара. Күүс былдьаһыылаах киирсиилэр эти-сиини, оттон остуол оонньуулара толкуйдуур дьоҕуру сайыннарар аналлаахтар. Оҕону бэрт кыра сааһыттан өбүгэ оонньууларыгар билиһиннэрии дьиэ кэргэнтэн саҕаланара. Кыһыҥҥы күннэргэ бэлэмнэнэн баран, ыһыах күн айылҕаҕа тахсан көрүлүүллэрэ.
Аан бастаан муостаҕа көмөрүнэн икки сурааһын тардыллар. Онтон куһаах курунан эбэтэр сотторунан икки оонньооччу сөллүбэт гына төбөлөрүн холбоон ыга баайыллар. Кинилэр күрэхтэһэрдии туттан, утарыта,атахтарын отут см. курдук аччаччы тэбэн, көнөтүк туруохтаахтар. Илиилэрин кэннилэригэр быраҕан сис туттуохтаахтар. Оонньууну ыытар киһи бааллыбыт соттору, эбэтэр куһаах куру моонньуларыгар кэтэрдэр. Хайалара да тардыһыы кэмигэр төбөтүн төҥкөтүө суохтаах, эмискэ тардыа суохтаах. «Чэ!» диэн ыытааччы эттэ да тэбис тэҥҥэ тардыһаллар. Хайалара тэтиэнэх да сурааһын диэки соһуохтаах. Оччоҕо кыайыы киниэнэ. Оонньуу сылдьан хайалара эрэ өһөс торбос – диэн ааты сүгүөхтээх. Бу оонньууну хамаанданан да оонньуохха сөп.
Көтөх ынаҕы туруоруу
Саас нэһиилэ сылы тахсыбыт мөлтөх ынах кыайан турбат буолан хаалара. Хас да киһи бэрт эрэйинэн туруорар буолара.
Оонньуу ыытааччы биир киһини сиргэ олордор. Ол киһи уҥа атаҕын уллуҥаҕын икки илиитинэн ытарчалыы тутар. Илиитэ төһө уунарынан ол ытарчалыы туппут атаҕын чиккэччи тэбиэхтээх. Уонна илиитин ыһыктыбакка эрэ, хаҥас атаҕар ойон туруохтаах. Өскөтүн оонньооччу үстэ төхтүрүйэн сатаан турбатаҕына, — көтөх ынах – аатын ылыахтаах.