Бэҕэһээ WorldSkills (ВорлдСкиллс) хамсааһын эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Тэрээһин 60 компетенциятыгар 300 ыччат кытынна. Чөмпүйэнээт сүрүн сыалынан оробуочай идэлэри үрдэтии, кыттааччылар сатабылларын, уопуттарын киэҥ эйгэҕэ көрдөрүү буолар.
Быйылгы чөмпүйэнээккэ 14-16 саастаах оскуола үөрэнээччилэрэ, орто анал үөрэх устудьуоннара эмиэ кытыннылар. Онон былырыыҥҥытааҕар киэҥ далааһыннанна.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Игорь Никифоровэҕэрдэлээн туран, инникитин кыттааччылар уопуттарыттан, бэлэмнэниилэриттэн көрөн, өрөспүүбүлүкэҕэ каадыры бэлэмнээһини аттарыы бырагыраамата оҥоһуллуоҕун эттэ. “Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ эһиги курдук тыһыынчанан исписэлиистэргэ наадыйар. Биһиги баттахпытын кырыйар, дьиэ тутар, кинигэ бэчээттиир, мактаах булочканы оҥорор дьон туһунан сэдэхтик санаан аһарабыт. Кинилэр харах далыгар сылдьыбаттар. Ол эрээри, чопчу кинилэр олоҕу хамсаталлар. Эһиги үрдүк сатабыллааххытын, биирдиилээн уонна кэлэктиибинэн хаачыстыбаҕытын көрдөрдүгүт”, — диэн бэлиэтээтэ.
Тэрээһин кэнниттэн бастакы миэстэлээх эдэр профессионаллар санааларын үллэһиннилэр. Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум 3-с кууруһун устудьуона Геннадий Гаврильев:
— Мин “Ювелир дьыалата” компетенцияҕа кытынным. Былырыын иккис миэстэлэммитим, быйыл бастаатым. Садаанньата уустук соҕус, үрүҥ көмүстэн геометрическай быһыылардаах кулон оҥоттордулар. Итиннэ барытыгар үс күнү биэрбиттэрэ. Бастакы икки күн сэттэлии чаас, үһүс күммүтүгэр аҕыс чаас көрүлүннэ. Компетенциябытыгар сэттиэ буолан кытынныбыт. Муус устар ыйга Дьокуускайга сүүмэрдиир чөмпүйэнээт буолар. Онно кыттар буоллум. Миэстэлэһэр киһи үчүгэй этэ – диэн кэпсиир.
Чөмпүйэнээт “Инженернэй дизайн” компетенциятыгар юниордарга бастакы миэстэни ылбыт Майатааҕы лиссиэй 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Данил Романов:
—Доҕорбунуун Олег Пивоваровтыын инженернэй дизайнынан дьарыктаммыппыт сыл буолла. Быйыл кыһын ДжуниорСкиллс күрэхтэһиигэ иккис миэстэлэммиппит. ВорлдСкиллс быдан элбэх кыттааччылаах эбит. Компетенциябытыгар үс хамаанда баара: биһигини сэргэ, таатталар уонна бэйэбит лиссиэйбит оҕолоро. Сорудаҕа уустук соҕус. Остуол чертеһун оҥоттордулар. Үс күн устата ону көмпүүтэргэ уруһуйдаатыбыт. Бириэмэтэ кылгас эбит, күҥҥэ түөртүү эрэ чааһы биэрэллэр – диир.
Санатан эттэххэ, бу ыытыллыбыт эрэгийиэннээҕи VI аһаҕас чөмпүйэнээт кыайыылаахтара быйыл саас дойду сүүмэрдиир чөмпүйэнээтигэр кыттан, сатабылларын, дьоҕурдарын салгыы финалга көрдөрүөхтэрэ. Муус устар 16-20 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллар Арассыыйа сүүмэрдиир күрэхтэһиитэ сүрүннээн IT уонна промышленнай идэлэр компетенцияларыгар туһаайыллыаҕа.