WhatsApp-ка саҥа түһүк баар буолла

WhatsApp оҥорооччулара саҥа түһүгү олоххо киллэриини саҕалаатылар. Бу бөлөхтөргө тустаах киһиттэн көҥүлэ суох киллэриини хааччахтыахтаах. Ол туһунан WABetaInfo портал иһитиннэрэр.


WhatsApp саҥа түһүгэ бета-версияҕа 2.19.110.20 iOS-ка уонна 2.19.298 Android-ка ананар.

Төлөпүөннээх киһи кинини ким бөлөххө киллэрэрин бэйэтэ быһаарар буолуоҕа. Ол эбэтэр испииһэккэр баар контактар баҕардахтарын аайы бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр эйигин киллэрэр кыахтара аны тохтуур. Маны сэргэ «хара испииһэккэ» киллэрии диэн баар буолуоҕа.

Түһүгүнэн туһаныаххын баҕарар буоллаххына «Настройкаҕа» киирэн, «Учетная запись» — «Безопасность» диэни таллаххына, «Группы» диэн меню тахсар.

This post was published on 23.10.2019 10:21 10:21