“Конституцияҕа уларытыылары ылыннахпытына, 50-ча саҥа сокуону ылыныахпытын наада, — диэн Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин “Россия 24” ханаалга интервьютугар эттэ. edersaas.ru суруйар.
Вячеслав Володин бэлиэтээбитинэн, Конституцияҕа уларытыылар “социальнай судаарыстыба” өйдөбүлүн ситэрэн-хоторон биэрэллэр, чопчу ис хоһооннууллар.
Холобур, сыллата биэнсийэ булгуччулаах индексацията, хамнас алын кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтааҕа, о.д.а. Конституцияҕа ыйыллыбыт, холобур, доруобуйа харыстабылын хаачыстыбалаах өҥөтүнэн туһанар гражданнар бырааптарын, тустаах сокуоннарынан бигэргэтэн биэриэхтээхтэр.
— Конституция – биһиги сүрүн төрүт сокуоммут, ол онтон тирэҕирэн, атын сокуоннары ылынабыт, олохпут оҥкулун оҥостобут, үрдүк таһымҥа таһаарабыт. Ити олус улахан суолталаах, ону өйдүөхпүтүн наада, — диэн Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин эттэ.
This post was published on 05.06.2020 11:01 11:01