«Азия оҕолоро» Оонньуу бастакы күнүгэр Саха сирин кыргыттарын волейболга хамаандата хотторууну билбит эбит буоллахтарына, иккис күн ситиһиилэннилэр. От ыйын 9 күнүгэр кинилэр «50 лет Победы» спортивнай комплекска Приморскай кыраай хамаандатын 3:0 кыайдылар.
Санатар эбит буоллахха, бастакы турнир кыргыттарбытыгар ситиһиини биэрбэтэҕэ. Сибиирдээҕи федеральнай уокурук хамаандатыгар 0:3 ааҕыынан хотторбуттара.
«Бастакы оонньуубут сатаан тахсыбатаҕа. Ону көннөрдүбүт. Салгыы кыайыы эрэ баар буолуо диэн толкуйдуубут», — СИА-ҕа Марина Сутырина эттэ.
Сүүмэрдэммит хамаанда үрдүкү тренерэ Наталья Хлопкова этэринэн, кыргыттар Сибиир муҥутуур күүстээх хамаандатын кытта оонньуулларыттан эрдэттэн уйулҕаларынан сабарыйтарбыттар. «Бүгүн мин кыргыттарбыттан астынным. Барытын сөпкө оҥордулар. Кинилэр элбэххэ дьулуурдаахтар», — бэлиэтээтэ кини.
Хамаанда өссө үс оонньуулаах. СИА кэтээн көрөр.
This post was published on 10.07.2016 09:58 09:58