Волейбол үһүс күнэ: ыарахан кыайыылар уонна бастакы оһоллонуу

Сибиирдээҕи федеральнай уокурук волейболга кыргыттарга сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана от ыйын 9 күнүгэр «50 лет Победы» СК оһоллонно. Ону ол диэбэккэ, спортсменка оонньууга таҕыста уонна хамаандата 3:1 ахсаанынан Ураллааҕы федеральнай уокуругу кыайда.


«Хапытаан төһө да оһоллоннор, былаһааккаттан туораабата уонна үс матчы оннук аһарда. Оонньуу кэмигэр медицинскай көмө оҥоһулунна. Быраастар олус болҕомтолоохтор. Кыыһы травмпууҥҥа илдьэ бара сатаатылар», — тренердэрэ Ирина Золотухина СИА-ҕа кэпсээтэ.

Кини этэринэн, «Азия оҕолоро» — оҕо саамай ыра санаата, онон манна саамай бастыҥнар уонна дьоһуннаах спортсменнар эрэ кэлэллэр.

«Волейболга күрэхтэһии эргиир бэрээдэгинэн барар. Онон хас биирдии көрсүһүү суолталаах. Спортсмен бүтэһиккэ диэри киирсиэхтээх», — диэтэ Золотухина.

«Чуолаан бу киирсии олус кимиилээх уонна интэриэһинэй буолла», — диэн күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Борис Воротилин СИА-ҕа эттэ.

This post was published on 10.07.2016 10:15 10:15