«Водоканал» кирдээх ууну тоҕор станциятыгар (сливная станция) тарыыбы үрдэппитин туһунан олоччу сымыйа сураҕы бүгүн социальнай ситимнэргэ тарҕаттылар.
Бу сураҕы чопчулаһаары «Водоканал» исписэлиистэригэр сибээскэ тахса сылдьыппытыгар: «Ити олоҕо суох сымыйа иһитиннэрии. Олунньуттан саҕалаан баччааҥҥа диэри бу өҥөҕө тарыып бигэргэнэ илик. Билигин бу өҥөнөн босхо туһана олороллор», – диэн быһааран биэрдилэр.
Санатан эттэххэ, «Жилкомсервис» МУП-тан станция соторутааҕыта «Водоканал» АУо илиитигэр киирбитэ. Тарыыбы туһааннаах уорганнар олохтууллар уонна бигэргэтэллэр. Тарыыбы быһаарыы боппуруоһа СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр муус устар 24 күнүгэр көрүллүөхтээх.