Дьокуускай куорат водоканала оттук сезонугар бэлэмнэнии үлэтин толору түмүктээтэ. Бу туһунан хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Саамай далааһыннаах үлэлэр атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр куорат ситимнэрин толору арыйан, түүннэри-күнүстэри ыытылыннылар. Тоҕус чаас иһигэр Водоканал үлэһиттэрэ задвижканы уларыттылар, герметизациялыыр ситимнэри уонна саппаас арматураны солбуйдуллар. Ити үлэлэр түмүктэммиттэрин кэннэ коммунальнай тэрилтэ 100% оттук сезонугар бэлэм буолла.
Кырджагасов бэлиэтээбитинэн, балаҕан ыйын бүтүөр диэри кыбартаалынай ситимнэри тутуу үлэтэ түмүктэниэҕэ. Итиэннэ кэнники үлэлэр алтынньы 1 күнүгэр диэри түмүктэнэллэр.
This post was published on 31.08.2022 17:03 17:03