Дьокуускайга “Водоканал” хампаанньа тиэргэнигэр хомолтолоох быһылаан таҕыста.
Уу иһитин өрөмүөннүү сылдьан биир үлэһит үөһэттэн сууллан, өллө. Билигин хамыыһыйа быһылаан биричиинэтин чуолкайдыыр.
Хампаанньа пресс-сэкирэтээрэ Ая Кривошапкина СИА-ҕа бу быһылааны маннык быһаарда: “Силиэсэр-электромонтажник ыраас уу резервуарын өһүлэ сылдьан, үрдүктэн суулунна. Билигин силиэстийэлиир кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрин кэтэһэбит.”
This post was published on 28.03.2018 16:11 16:11