Владивосток аэропордугар норуоттар ардаларынааҕы ыытыылар ахсааннара 2023 сылга 193 тыһ. киһиэхэ тэҥ — бу 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ түөрт төгүл элбэх. Бу Кытайга көтүү рейсын элбэтии түмүгэ. Олунньуга икки хайысханы эбиэхтэрэ, ТАССка сигэнэн Приморье норуоттар ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин агентствотын пресс-сулууспата суруйда.
«Бүгүҥҥү туругунан, Владивосток аэропордуттан КНР-га нэдиэлэ аайы 21 рейс көтөр (Пекин — 10 рейс, Харбин — 10 рейс, Далянь — 1 рейс), олунньуттан нэдиэлэҕэ иккитэ Шанхайга уонна олунньу 7 күнүттэн нэдиэлэҕэ биир рейс, кулун тутар 2 күнүттэн икки рейс Яньцзига былааннанар», — суруллар иһитиннэриигэ.