Владислав Иванов: «Ытык Дьааҥы сиригэр Сылгыһыт күнүн ыытыы улахан ытыктабыл бэлиэтэ»

Хаартыска: https://sakhaparliament.ru/

Дьааҥы улууһун баhылыга Владислав Иванов салайааччылаах Сылгыhыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнүн тэрийэр хамыыhыйа Дьааҥы куоратыгар үлэлээтэ. Хамыыhыйа чилиэннэрэ тэрээһин ыытыллар эбийиэктэрин көрүүнү-истиини аал уоту оттон алгыс түhэрэр анал сиртэн саҕалаан, племенной сылгы быыстапката, сылгыны мэнэйдэhии-атастаhыы ыытыллар, атын нэһилиэктэртэн, улуустартан кэлбит сылгылары сынньатар-аhатар сирдэринэн, «Сылгыһыт күрэҕэ», аат сүүрдүүтэ ыытыллыахтаах ипподромунан түмүктээтилэр.

Бу улахан түhүлгэ 2016 сыллаахха Уһук Хотугу сиргэ аан бастаан ыытыллар Олоҥхо ыhыаҕар анаан тутуллубута. Номнуо аҕыс да сыл аастар, дьааҥылар түhүлгэлэрин харыстыы сылдьаллара харахха тута быраҕыллан, ыалдьыттары үөрдэр.
Тэрийэр хамыыһыйа салгыы историческай суолталаах кырдьаҕас Дьааҥы куоратыгар ыалдьыттар хонор, аhыыр, сынньанар сирдэригэр сылдьан, тэрилтэлэр салайааччыларын, үлэhиттэрин кытары көрүстэ. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин кэллиэгийэтэ, сылгыны үөрдээн иитии боппуруостарыгар анаммыт төгүрүк остуол итиэннэ атын да тэрээhиннэр ыытыллар сирдэригэр сырытта, туох ситэриллэ илик боппуруос баарын быhаарда.


Икки күннээх түһүлгэҕэ «Сылгыһыт күрэҕэр» уонна ат сүүрдүүтүгэр улахан болҕомто ууруллара күүтүллэр. Сылгыhыт былыр-былыргыттан киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, миинэр миҥэтин кытта тэҥҥэ сүүрсэн кэллэҕэ. Ханнык да түhүлгэ маннык күрэҕэ суох ыытыллыбат, онон Дьааҥы күрэҕэ уратылаах буолар чинчилээх. Ол да иhин буолуо, улахан бириистэр туруоруллубуттар. Бастаабыт хамаандаҕа — 2 мөлүйүөннээх бириис, иккискэ — «УАЗ» бортобуой массыына, үhүс миэстэҕэ тиксибиттэргэ — «Буран» снегоход!

Куорат олохтоохторо киэҥ ис хоhоонноох култуурунай бырагырааманы бэлэмнээбиттэр. Дьааҥы киэн туттар ытык киhитэ Варвара Захаровна Кириллина аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Дьааҥы сылгытын иитии уонна удьуор сылгыhыттар тустарынан сырдатар быыстапка туруоруллубут.


Дьааҥы сирэ элбэх ыалдьыты көрсөргө үөрүйэх. Ол гынан баран, саха төрүт үгэhин илдьэ сылдьар сылгыһыттары көрсүү олус долгутуулаах. Сылгыhыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күнүн тэрийии – Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба өттүлэриттэн Уһук Хотугу дойду тыйыс усулуобуйатыгар Дьөһөгөй оҕолорун иитэ-сайыннара сылдьар Дьааҥы удьуор сылгыhыттарыгар улахан ытыктабыл итиэннэ кинилэр сыралаах үлэлэрин сыаналааһын буолар.

– Араас улуустартан сылгыhыттар, сылгы иитиитин, сайдыытын чинчийэр учуонайдар, исписэлиистэр кэлэллэрэ күүтүллэр. Маны таhынан, Тыа хаhаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин көhө сылдьар кэллиэгийэтэ ыытыллыаҕа, бу биhиэхэ эмиэ улахан эппиэтинэс, — диэтэ баhылык Владислав Иванов.

Ааптар: Альбина Павлова, https://sakhaparliament.ru/

This post was published on 21.03.2024 15:03 15:03