Байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттарга көрүллэр миэрэлэр судаарыстыба дьонугар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарын көрдөрөр, саллааттар дьиэ кэргэттэрин соҕотохтуу хаалларбат, диэн бэлиэтээтэ «Ситим» медиагруппа дириэктэрэ Владимир Степанов «Редколлегия» анал бырайыак быһа эфирин кэмигэр.
«Владимир Путин хас биирдии байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт киһиэхэ 195 тыһ солк төлөнүөҕэ диэтэ. Судаарыстыба сулууспалыы барар хас биирдии киһитин өйүүргэ кыһаллар. Бу дьон бэйэтин харысхаллаах курдук сананарыгар кыах биэрэр уонна саллаакка улахан суолталаах», — диэтэ Владимир Степанов.
Кини эппитинэн, Саха сирин олохтоохторо түмсүөхтээхтэр уонна СВО кытта сылдьар байыаннайдары өйүөхтээхтэр.
«Ыарахан уонна кутталлаах киирсиилэр буола тураллар. Биһиэттэрэ НАТО армиятын кытта киирсэллэр. Биһиги бастаан барыта түргэнник бүтүө дии санаабыппыт. Ол иһин билигин биһиги иннибитигэр дьоҥҥо көмөлөһөр сорук турар», — диэтэ «Ситим» медиагруппа дириэктэрэ.
Санаттахха, «Редколлегия» — «Сахамедиа» саҥа бырайыага, былаһааккатыгар суруналыыстар буола турар сүрүн событиелары дьүүллэһэллэр уонна комментарийдыыллар. Бастакы таһаарыыга кыттааччылар тоҕо Саха сирин дьоно баҕа өттүлэринэн анал байыаннай дьаһалга кытта баралларын кэпсэппиттэрэ.
This post was published on 28.10.2022 15:24 15:24