СӨ премьер-миниистирэ Владимир Солодов Ил Түмэн депутаттарын мунньаҕар регион бырабыыталыстыбата уонна доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Саха сирин хас биирдии олохтооҕор ананар медицина өҥөтүн хаачыстыбатын үрдэтиигэ эбэһээтэлистибэ ылынарга бэлэмин эттэ.
«Мин эппиэтинэспин өйдөөн туран, Арктикаҕа биир да медигы үлэтиттэн ууратыахпыт суоҕа диэн биллэрэбин», — диэтэ Владимир Солодов.
Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова бэлиэтээбитинэн, «сокращение» диэн өйдөбүл министиэристибэ докумуоннарыгар суохтар. «Биһиэхэ «сокращение» диэн өйдөбүл суох. Биһиэхэ «территориальнай былааннааһын» баар, тоҕо диэтэххэ биһиги хас биирдии үлэһит инникигэ статуһун быһаарабыт», — диэтэ кини.
Владимир Солодов эппитинэн, билигин өрөспүүбүлүкэ былааһа федеральнай киини кытта Владимир Путин сорудахтарын толорууга үлэлиир. Ол эбэтэр доруобуйа харыстабылыгар бастакы звеноны саҥардыыга бырагырааманы оҥорууга тохтоло суох үлэлиир.
«Бу сыалга дойду үрдүнэн 500 млрд солк көрүллэр. Мантан күттүөннээх өттө Саха сиригэр бэриллэн, хаарбах туруктаах медицина тэрилтэлэрин суох оҥорууга туттарга, ол иһигэр кыра уонна ыраах нэһилиэнньэлээх пууннарга туһаайыахтаахпыт», — диэтэ кини.
Регионнааҕы бырагырааманан өрөспүүбүлүкэҕэ медицина тэрилтэлэригэр инвентаризация ыытылынна. Балар модернизацияҕа наадыйаллар, барыта РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин электроннай систиэмэтигэр киллэрилиннилэр.
This post was published on 20.11.2019 16:25 16:25