Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов социальнай ситиминэн быһа эфирин кэмигэр Дьокуускайга Арчы дьиэтин тутуутун туһунан ыйытыы киирдэ. Премьер бу боппуруоһу баһыырыыга төрүт култуураны барҕардааччы уопсастыбаннай тэрилтэлэр түмсүөхтэрин наадатын эттэ.
Санатар эбит буоллахха, 2018 сыл балаҕан ыйыгар Арчы дьиэтигэр баһаар буолбута. Уот эбийиэк биир саалатыгар туран, хоруобуйата эмсэҕэлээбитэ. Сэтинньи ыйга диэри бэдэрээччит чөлүгэр түһэрии үлэтин ыыппыта.
«Төрүт култуураны өрө тутар уонна сайыннарар бары уопсастыбаннай тэрилтэлэр түмсүөхтэрин наада. Ол кэннэ биир санааҕа түмүллэн, тутуу ыытыллар болдьоҕун этиэххэ сөп», — диэтэ Владимир Солодов.
This post was published on 30.10.2019 17:16 17:16