Владимир Санги «Оҕолорго» кинигэтэ сэттэ тылынан бэчээттэнэн таҕыста

Нивх омук литературатын төрүттээччи, бастакы азбукатын ааптара Владимир Санги «Оҕолорго» диэн кинигэтэ сэттэ тылынан бэчээттэнэн таҕыста.


11 остуоруйаттан турар хомуурунньугу «Айар» кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарда. Кинигэ сэттэ: сахалыы, нууччалыы, эвенкийскайдыы, юкагирдыы, английскайдыы, дьоппуоннуу, нивхтыы тылларынан таҕыста.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Владимир Санги Сахалин уобалаһаттын Ноглики бөһүөлэгиттэн кэлэн кытынна.

Сотору кэминэн Владимир Санги талыллыбыт айымньыларын хомуурунньуга сахалыы тылынан тахсарын иһитиннэрдилэр.

This post was published on 19.02.2021 17:01 17:01