Владимир Путин ыччат үөрэхтээх, билиилээх буоларыгар, сайдарыгар хайысхалаах үлэ барарын бэлиэтээтэ

Бэҕэһээ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Москваҕа Улахан Манежтан быйылгы Анал этиитин эппитэ. Кини быйыл 14-с төгүлүн Анал этиитин иһитиннэрбитэ. 


Норуоттар икки ардыларынааҕы экспертэр билинэллэринэн, Арассыыйатааҕы алын сүһүөх кылаастар оскуолалара аан дойду үрдүнэн бастыҥнар кэккэлэригэр киирэллэр. Биһиги үөрэхтээһин хайа баҕарар таһымыгар сайдыы барарыгар үлэлиибит. Оҕо төһөнөн эрдэ элбэҕи билэр-көрөр, үөрэнэр, оччонон дойдубут сайдыыта күүһүрэр”, — диэн Владимир Путин бэлиэтээтэ.

РФ бэрэсидьиэнэ — Владимир Путин

Манна даҕатан эттэххэ, быйыл “Эдэр саас” таһаарыы уонна “Мин-Инженербин” техническэй үөрэх кыһаларын бүтэрбиттэр түмсүүлэрэ кыттыһан ыччаты промышленноска уһуйар, сирдиир «СЫП» (“Саха ыччатын — промышленноска”) бырайыакпыт үлэлээбитэ уон сыл буолла. Билигин 18-с төгүлбүтүн үөрэнээччилэри сайыннарар, эрдэттэн идэҕэ туһаайар сыаллаах экспедициябытыгар айаннаары бэлэмнэнэ сылдьабыт.

«Саха ыччатын — промышленноска» экспедиция балаһыанньата:

This post was published on 02.03.2018 12:30 12:30