РФ Президиэнэ Владимир Путин алтынньы 29 күнүгэр буолбут «Россия зовет!» форумҥа тыа сирин ипотекатыгар 2021 сылга федеральнай бюджеттан көрүллэр үбүлээһини үс төгүл улаатыннарар туһунан эттэ.
«Тыа сирин ипотекатын сайыннарыыга федеральнай бюджеттан көрүллэр үбүлээһини биллэрдик улаатыннарыахпыт, кэлэр сылга үс төгүл курдук буолуоҕа», — диэтэ Владимир Путин.
Госдуума спикера Вячеслав Володин эрдэ бырабыыталыстыбаҕа эбии дохуот суотугар дотациялаах регионнарга куораттааҕы тырааныспары саҥардыыга этии киллэрбитэ. Маннык ньыманы тыа сирин ипотекатын боппуруоһун быһаарыыга туттуллуон сөбө этилиннэ.
Миниистирдэр кабинеттарын иһитиннэриитинэн, 2020 сылга тыа сирин ипотекатыгар 1,5 млрд солк ыытыллыбыт, манан 26 тыһ ыал олорор усулуобуйатын тупсарыммыт.
Сигэ: «Парламентская газета»
This post was published on 30.10.2020 14:02 14:02