Дойду баһылыга Владимир Путин Турция президенэ Реджеп Тайип Эрдоганныын төлөпүөнүнэн кэпсэттэ. Ол туһунан Кремль сайта суруйда.
Турцияҕа сир хамсаан, дьон өлүүлээх быһылаан тахсыбытынан дириҥ кутурҕанын Россия президенэ тириэртэ. Владимир Путин айылҕа таһаарбыт саахалын туоратыыга көмөлөһөргө бэлэмин бигэргэттэ.
Турцияҕа көмө этиилэрэ тириэрдилиннилэр.
Турция президенэ Реджеп Тайип Эрдоган Владимир Путиҥҥа махтанна. Салайар дойдутун тустаах биэдэмистибэлэригэр Россияттан быыһааччылары көмөлөһүннэрэллэригэр сорудах биэрэрин иһитиннэрдэ.
This post was published on 07.02.2023 09:28 09:28