Владимир Путин тэйиччиттэн үлэ уратыларын туһунан сокуоҥҥа илии баттаата

MOSCOW REGION, RUSSIA - DECEMBER 3, 2020: Russia's President Vladimir Putin holds a video conference meeting with representatives of disability organisations at the Novo-Ogarevo residence. Alexei Nikolsky/Russian Presidential Press and Information Office/TASS Ðîññèÿ. Ìîñêîâñêàÿ îáëàñòü. Ïðåçèäåíò ÐÔ Âëàäèìèð Ïóòèí âî âðåìÿ âèäåîêîíôåðåíöèè ñ ïðåäñòàâèòåëÿìè îáùåñòâåííûõ îðãàíèçàöèé èíâàëèäîâ â ðåçèäåíöèè Íîâî-Îãàðåâî. Ïðåññ-ñëóæáà ïðåçèäåíòà ÐÔ/ÒÀÑÑ

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тэйиччиттэн үлэ уратыларын туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. Сокуон 2021 сыл тохсунньу 1 күнүгэр олоххо киирэр.


Арассыыйа парламенын дьокутааттара уонна сенатордара оҥорбут сокуоннара Үлэ кодексын 49.1 баһыгар уларытыылары, эбиилэри киллэрэр. Сокуон тэйиччиттэн үлэлиир үлэһит үлэлиир, сынньанар кэмнэрин, тэйиччиттэн үлэ көрүҥнэрин (бастайааннай, быстах кэмҥэ, буккуйа) чопчулуур, үлэ биэрээччи уонна үлэһит сыһыаннарын чуолкайдыыр.

Сокуону бастакы ааҕыы от ыйын 21 күнүгэр буолбута. Иккис ааҕыыга дьокутааттар 16 уларытыыны киллэрэн, сокуон бастакы барылыттан тупса уларыйбыт. Ол курдук, дьокутааттар үлэ биэрээччи үлэһитин тэйиччиттэн үлэлииригэр наадалаах тэрилинэн, командировкаҕа, уоппускаҕа барар ороскуотун толору уйунарын көрбүттэр. Маны таһынан дьиэттэн үлэ муҥутуур болдьоҕун ыйбыттар. Үлэһит алта ыйтан ордук тэйиччиттэн үлэлиирэ көҥүллэммэт. Маныаха хамнас үлэһит үлэтин кээмэйэ кыччаабатах буоллаҕына кыччаабат.

Итини сэргэ өскөтүн үлэһит икки күнтэн ордук аахсыллар биричиинэтэ суох төлөпүөҥҥэ эппиэттээбэт буоллаҕына, үлэһит кинини ууратар бырааптааҕын туһунан этиллэр. Ити борогуул диэн тэйиччиттэн үлэҕэ сатаан туһаныллыбат уопсай өйдөбүлү солбуйуо. Маны таһынан Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин салайааччы Инна Святенко үлэһит үлэ биэрээччитин сэрэппэккэ эрэ атын сиргэ көһөн баран, үлэтин хаачыстыбата суохтук, куһаҕаннык оҥорор буоллаҕына эмиэ ууратар бырааптаах диир.

This post was published on 09.12.2020 11:01 11:01