22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Владимир Путин. Сүрүн этиилэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия Президенэ Владимир Путин бэҕэһээ, бэс ыйын 23 күнүгэр, коронавирус балаһыанньатынан этии оҥордо. СИА судаарыстыба баһылыгын сүрүн этиилэрин таһарар, @gubery телеграм-ханаалга сигэнэр.


Эпидемия Россия дьонун-сэргэтин олоҕун «иннэ» уонна «кэннэ» диэҥҥэ араарда.

Биһиги уруккуга суох хардыыны оҥордубут: дойду үрдүнэн төлөнөр үлэлээбэт күннэри биллэрдибит. Дьаһал биир халыыпка олоҕурбат, хас биирдии регион баһылыга балаһыанньаттан көрөн быһаарыыны бырабыыталыстыбатын, исписэлиистэрин кытта тэҥҥэ бэйэлэрэ ылыннылар.

Регионнар баһылыктарыгар, муниципалитеттар салайааччыларыгар махтанабын. Туваҕа, ЯНАУо, ХМАУо уонна Карачаево-Черкесияҕа балаһыанньа билигин да уустук, бүтүн Россия хас биирдии региоҥҥа көмөҕө кэлэр.

Кулун тутар ортото 40 000 анал куойка баара, бэс ыйын саҕаланыыта — 180 тыһ. таҕыста.

Ковидка тест оҥоруутун уопсай ахсаана — 17 мөл курдук буолла.

14 киин вакцина оҥоруутугар үлэлиир, дьайымтыалаах, эрэллээх уонна куттала суох буолуутугар туруулаһаллар.

Россия доруобуйатын харыстабыла экстреннай балаһыанньаҕа түргэн туттунуулааҕын көрдөрдө.

Медицина үлэһиттэригэр барыларыгар махтанабын, хас биирдии олоххо, хас биирдии ыарыһахха сыһыаҥҥыт, кинилэр доруобуйаларын туһугар туруулаһыыгыт иһин.

Эпидемияны кытта охсуһар медицина үлэһиттэригэр көҕүлүүр төлөбүрдэр оҥоһуллаллар. Дьиэктэр бааллар этэ да, тута туоратыллыбыттара, барыта сааһыланна.

Медүлэһиттэргэ төлөбүрдэр от уонна атырдьах ыйдарыгар эмиэ көрүллэллэр. Нолуок тутуллубат, уоппуска ааҕыллыытыгар бэлиэтэнэр.

Социальнай тэрилтэлэр үлэһиттэригэр көрүллэр эбии төлөбүрдэр балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри уһууллар, уоппуска ааҕыытыгар эмиэ аахсыллар.

2002 сылтан физсирэйгэ дохуотун ааҕыыга «плоская шкала» көрүллэрэ, билигин нолуок ноҕуруускатын тыырыыны атыннык ааҕар кыах үөскээтэ.

2021 сыл тохсунньу 1 күнүттэн сылга 5 мөл солк дохуоттаах дьон НДФЛ бырыһыанын 13-тэн 15-кэ диэри улаатыннарарга. Үрдэтиллибит ставка 5 мөл солк үөһэ сууматтан тутуллар.

Бу — сыаллаах харчы, ыараханнык ыалдьар оҕолру эмтээһиҥҥэ бэриллиэҕэ.

0 — 16 саастаах оҕолорго көрүллүбүт 10 000 солк төлөбүр от ыйыгар хатыланыаҕа.

Үлэтэ суохтары өйүүр миэрэлэр от уонна атырдьах ыйдарыгар салҕанан барыахтара. 2021 сылга үлэ ырыынага чөлүгэр түһүөхтээх.

Саҥа тутуллар дьиэни ылыыга чэпчэтиилээх ипотека сууматын 6 мөл солк, Москва уонна Санкт-Петербург куораттарыгар 12 мөл солк дылы улаатыннарарга.

Эмсэҕэлээбит салааларга 2 % чэпчэтиилээх кирэдьиит бырагырааматын кэҥэтэргэ уонна эбии 100 млрд солк тыырарга.

Бэйэ дьарыктанааччы ахсаана 2,5 төгүл улаатта — 300 000-тан 700 000-ча киһиэхэ дылы тиийдэ. Бу эксперимент ситиһиилээх, онон от ыйын 1 күнүттэн дойду бары регионнарыгар бэйэ дьарыктаах буолуу эрэһиимэ киллэриллэр, урукку курдук 18 сааһыттан буолбакка, 16-та сааһыттан көҥүллэнэр.

Информационнай технологиялар: хамнас пуондатыгар ноҕуруусканы кыччатарга, билигин ставка страховой төлөбүргэ — 14%, маны 7,6% диэри кыччатарга, болдьоҕо суох. «Налог на прибыль» эмиэ 20%-тан 3%-ҥа диэри түһэрэргэ.

100 млрд солк-йы Россия регионнарыгар коронавируһу кытта охсуһууга анаммыт 200 млрд-гар эбэн биэрэргэ, эбии 100 млрд солк-йы суолу тутууга көрөргө. Ким түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык үлэлээччилэргэ биэрэргэ.

Конституцияҕа көннөрүүлэр күүстэригэр, өскөтүн дьон өйөөтөҕүнэ эрэ биирдэ киллэриллиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА