Владимир Путин: Россия спорда «ыраас» буоларыгар бары сырабытын уурабыт

ВАДА ааҕыныстыбата Россия спортсменнарын аан дойду таһымнаах күрэхтэртэн устуута — олимпийскай сөбүлэһиини кэһии буолар. Бу туһунан Владимир Путин улахан пресс-конференцияҕа биллэрдэ.


«Бу быһаарыы чиэһинэйэ эрэ суох буолбакка, быһыы-майгы өттүнэн сөп түбэспэт. Маннык быһаарыы ааспыт Олимпиадаҕа ылылла сылдьыбыта. Билигин эмиэ хатыланна. Ханнык да быраап систиэмэтигэр суох быһыы. Биһиги спортсменнарбыт улахан аҥардара ыраас буоллаҕына тоҕо буруйдуохтаахтарый? «Ыраастаан» кэбиһэргэ санаммыттар», — диэтэ Владимир Путин.

This post was published on 20.12.2019 11:01 11:01