Россия рак ыарыыны утары вакцинаны уонна саҥа көлүөнэ иммуномодулирующай препараттары оҥорууга «ыкса кэлбитин» Владимир Путин эттэ. Кини эппитинэн, 2023 сылга барыта 530 эмп оҥоһуллубут.
Судаарыстыба баһылыга эрэнэринэн, бу вакциналар сотору кэминэн дойдуга туттуллар буолуохтара уонна дьоҥҥо көмөлөһүөхтэрэ.
Бу туһунан Владимир Путин кэлэр технологиялар форумнарыгар эттэ. Трансляцияны «Первый канал» көрдөрдө.
Президент эппитинэн, эмтэри таһынан сүрэх-тымыр хирургиятыгар, реаниматология, реабилитация уонна генетика ыарыыларын диагностыырга анаммыт оборудованиелары оҥоруу саҕаланна, быраастар уонна учуонайдар көмөлөрүнэн.
This post was published on 16.02.2024 11:01 11:01