Дойду президенэ Владимир Путин ыйааҕынан бэс ыйын 23 күнүгэр Лариса Шепелеваҕа «Российскай Федерация үтүөлээх бырааһа» бочуоттаах аат иҥэрилиннэ. Докумуон быраап информациятын интернет-порталыгар бэчээттэннэ, СИА суруйар.
«РФ үтүөлээх бырааһа» аат СӨ «Фтизиатрия» научнай-практическай киин отделениетын сэбиэдиссэйэ Лариса Шепелеваҕа туттарылынна.
Лариса Петровна 1959 сыллаахха Уус-Алдан улууһугар төрөөбүтэ. Фтизиорентгенологияҕа 1983 сыллаахтан үлэлиир, Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэриэҕиттэн.
Дьокуускайдааҕы сэллик диспансерыгар быраас-рентгенологынан үлэтэ саҕаламмыта, кэлин научнай үлэтинэн ЯНИИТ-ка көспүтэ.
Лариса Петровна тэрийиитинэн, компьютернай томографияны киэҥник хабан үлэҕэ туттуу — оҕо сэлликкэ хаптарыытын туругун намтаппыта (100 тыһ нэһилинньэҕэ 2004 с. — 56,7, 2016 с. – 20,7).