“Федеральнай суоллары сүрүннээн тупсардыбыт. Оттон олохтоох суолларбыт хайдахтарый? Онон билигин регионнааҕы суолларга болҕомтону ууруоҕуҥ”, — диэн иһитиннэрдэ РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр.
Урукку сылларга суолу оҥорууга 6 трлн солк. үп-харчы көрүллэн кэлбит буоллаҕына, аны билигин бу сыалга бүддьүөттэн 11 трлн солк. барыаҕа. “Федеральнай суоллары сүрүннээн оҥордубут. Региональнай, олохтоох суоллар аны билигин болҕомто киинигэр туруохтаахтар. Ити олохтоох былаас инники күөҥҥэ тутар боппуруостарыттан биир сүрүннэрэ буолуохтаах. Суол сааалыгар дэҥ-оһол тахсарын кыччатыахтаахпыт. Ол туһугар суолларбытын оҥоруоҕуҥ”, — диэн этэр Владимир Путин.
This post was published on 02.03.2018 09:37 09:37