Владимир Путин: «Регионнар Москванан эргийэн көтөллөрө тохтуоҕа»

“Регионнар аэропортарын саҥардан рейстары элбэтиэхтээхпит. Аны алта сылынан регионнар икки ардыларыгар сөмөлүөтүнэн көтүү төрдүттэн уларыйыаҕа”, — диэн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр иһитиннэрдэ.


“Өскөтүн билигин регионтан региоҥҥа көтөргө Москванан эргийэр буоллахха, аны алта сылынан регионнар бэйэ-бэйэлэригэр быһаччы көтөр буолуохтара. Оннукка тиийэн эрэбит”, — диэн этэн туран Владимир Владимирович, авиацияны сайыннарыы саҥа түһүмэххэ кэлэн турарын, саҥа талыллар бырабыыталыстыба итини тиһэҕэр тириэрдиэхтээҕин иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, былырыын Владимир Путин этиитинэн, аэропортары саҥардыы бара турар. Биһиги региоммутугар 15 аэропорт саҥардыллыахтаах.  Ол курдук, Нерюнгри, Ньурба, Сангаар, Депутатскай, Черскэй, Өлүөхүмэ, Хандыга, Үрүҥ Хайа, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Зырянка, Маҕан, Уус Ньара, Эдьигээн, Полярнай аэропортара оҥоһуллуохтара.

This post was published on 02.03.2018 09:38 09:38