Россия президенэ Владимир Путин сибээскэ уонна IT-индустрия мунньаҕар коронавирус пандемиятын кэмигэр олоххо күүскэ киирбит цифровизация хайысхатын салгыы өссө тэтимнээхтик сайыннарар туһунан эттэ. Судаарыстыба баһылыга инникилээн сайдыыга ыҥырда, ити эрээри куттал суох буолуута хааччыллыахтаах диэтэ, суруйар ТАСС.
«Сыыппараҕа көһүүнү хабан ылыахха, цифровизацияны киллэриигэ лидер-хампаанньалартан холобур ылыахха», — диэтэ президент.
Владимир Путин эппитинэн, «сибээс уонна IT эйгэлэригэр олохтоох технологиялары киллэриигэ усулуобуйаны тэрийиини түргэтэтиэххэ, хаачыстыбаллаах, дьон наадыйар бородууксуйатын уонна сервиһын оҥорууга». «Төһө кыалларынан инники түһүөххэ наада, биллэн турар, куттал суоһаабатын хааччыйыахха, дьон бырааба уонна көҥүлэ күөмчүлэниэ суохтаах«, — диэтэ президент.
Баһылык бырабыыталыстыбаҕа IT-хампаанньалар бородууксуйаларыгар наадыйыы баар буолуутун боппуруостарын өйүүллэригэр сорудахтаата.
This post was published on 11.06.2020 12:02 12:02