Владимир Путин РФ регионнарыгар айылҕа баһаардарын боппуруостарыгар мунньахха кытынна. Кини эбии быһаарыылары ылыыга, дьүүллэһиигэ эттэ. Ойууру уоттан харыстыырга ыйаах тахсарын иһитиннэрдэ.
«Дойду субъектарыгар ойуур баһаардара турар иэннэрин кыччатыыга үлэҕэ чопчу түмүктэри ылыыга сыаллаах көрдөрүүнү олохтуурга этэбин. Оччоҕуна үлэ чахчы түмүктээх буолар», — диэтэ Владимир Путин.
Президент маннык көрдөрүүнү ыйааҕынан бигэргэтэри эттэ. Маны сэргэ эбии атын миэрэлэри ылыыга тохтоото.
«Бу докумуон регионнарга ойуур баһаарын утары үлэни ыытыыга миэрэлэри ылыыга олус суолталаах буолуоҕа, түмүгү биэриэҕэ», — диэтэ дойду баһылыга.
This post was published on 11.05.2022 10:01 10:01