«Эдэр ийэ ыарахан буолуоҕуттан, оҕото оскуоланы бүтэриэр диэри өйүүр үлэ ыытыллыахтаах. Бу тиһик үлэлэри кылгас кэм иһигэр толкуйдуу охсуохха наада«,- диэн дойду президенэ Госдуума VIII ыҥырыытын дьокутааттарын пленарнай мунньаҕар биллэрдэ.
Арассыыйа олохтоохторун сүрүн кыһылҕата намыһах хамнас буоларын
Владимир Путин чуолаан бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, бу олох-дьаһах сайдарыгар, оҕо ахсаана элбииригэр мэһэйдиир.
Путин социальнай төлөбүрдэри 2022 сылга үрдэтэр булгуччулааҕын эттэ. Бу дьаһалы ылынарга, дойду хааһынатыгар сөптөөх үп-харчы баарын биллэрдэ. Маны таһынан, ас-үөл, таҥас-сап сыаната үрдүүрүн тухары, «Ийэ хапытаалын эмиэ үрдэтиэх тустаахпыт» диэтэ.
«Мин санаабар, бу сөптөөх быһаарыы. Биһиги кыһалҕалаах дьоҥҥо өрүү болҕомтолоохтук сыһыаннаһабыт, төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыбыт«, — диэн Путин этиитин түмүктээтэ.
This post was published on 13.10.2021 17:01 17:01