Владимир Путин хамнас алын уонна тиийинэн олоруу кээмэйдэрин 2022 сылга 8,6% үрдэтэри эттэ. Онон, МРОТ 13 890 солк, оттон тиийинэн олоруу кээмэйэ — 12 654 солк диэри үрдүөҕэ, суруйар РИА Новости.
«Кэлэр сылга федеральнайдааҕы бюджекка тиийинэн олорууга 2,5 % индексация көрүлүннэ. Биллэн турар, бу тиийбэт, тоҕо диэтэххэ маннык параметрдар баар инфляцияттан биллэрдик хаалаллар», — диэн президент Владимир Путин социальнай боппуруостар мунньахтарыгар эттэ.
Судаарыстыба баһылыга бэлиэтээбитинэн, кини дьаһалтатыгар сокуоҥҥа уларытыылары киллэриигэ докумуону бэлэмнииллэригэр сорудахтаата. Ол кэннэ Госдуума көрүүтүгэр киллэриэҕэ.
Путин депутаттар көҕүлээһини өйүүллэригэр эрэнэрин биллэрдэ.
This post was published on 19.11.2021 16:52 16:52