Владимир Путин үлэтэ суохтарга көрүллэр босуобуйа кээмэйин үрдэтэри эттэ

Россия Президенэ Владимир Путин үлэ ырыынагар мунньах кэнниттэн бырабыыталыстыбаҕа сорудахтары оҥордо. Үлэтэ суохтарга көрүллэр төлөбүр кээмэйин үрдэтии уонна төлөбүрү өссө үс ыйга уһатар туһунан эттэ. Бу туһунан Кремль саайтыгар сурулунна.


«2020 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн үлэтэ суох хаалбыттарга көрүллэр босуобуйа кээмэйин өссө үс ыйга 4500 солк диэри улаатыннарарга», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Бырабыыталыстыба 2020 сыл кулун тутар 1 күнүгэр үлэтэ суохтарынан босуобуйа ылааччылар төлөбүрдэрэ тохтообут эбит буоллаҕына, ону уһатыахтаах эбэтэр саҥардан биэриэхтээх. Болдьоҕу уһатыы — 2020 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри.

Владимир Путин сорудаҕынан, үлэтэ суох хаалбыт төрөппүттэр, оҕо ииттэ ылбыттар, опекуннар хас биирдии сокуоннай сааһын туола илик оҕолоругар үлэтэ суоҕунан ылар босуобуйатыгар эбии 3000 солк тутуохтаах.

Биирдиилээн предпринимателлэр 2020 сыл кулун тутар 1 күнүттэн үлэлэрин тохтоторго күһэллэн, үлэтэ суох буолуу учуотугар турбут буоллахтарына, босуобуйа саамай муҥутуур кээмэйин ылыахтаахтар. Болдьоҕо — 2020 сыл алтынньы 1 күнүгэр диэри.

Сиһилии https://ysia.ru/vladimir-putin-poruchil-uvelichit-posobie-po-bezrabotitse/

This post was published on 10.06.2020 18:01 18:01