Владимир Путин Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ 2028 сыл бүтүөр диэри бэлэм буоларыгар эппитэ

Хаартыска: Саха парламент саайт

Дойду бэрисидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга кэлэ сылдьан, үбүлээһин харгыһа суох, өссө урутаан барыахтааҕын туһунан сыал-сорук туруорбут. Кини Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ 2028 с. бүтүөр диэри бэлэм буолуохтааҕын сорудахтаабыт. Онон 5 млрд. солк. федеральнай киинтэн быйыл кэлэрэ күүтүллэр.

300 мөл. солк. эрэгийиэннээҕи гыраан харчыта от ыйыгар тутууну саҕалыырга төлөнүөхтээх. Быйыл өрүс кытылыгар тутуу үлэтэ бүтэн-оһон, эһиил ууга тахсан, тирэхтэри бэлэмниэхтээхтэр. Владимир Сивцев РФ Киин Баана сүрүн ыстаапканы үрдэтэн, улахан сууманы кирэдьиит ылар табыгаһа суоҕун бэлиэтээтэ.

This post was published on 17.07.2024 11:33 11:33