Россия куораттара тэтимнээхтик сайдаллар, ити эрээри ордук болҕомтону кыра куораттарга уурар этилиннэ. Чуолаан, транспортнай инфраструктура уонна территориялар биир кэлимник сайдыыларыгар, диэн РФ президиэнэ Владимир Путин сыллааҕы пресс-конференцияҕа эттэ, суруйар ТАСС.
«Куораттар, кыралар уонна улахаттар, сайдаллар, тэтимнээхтик. Ити эрээри билигин биһиги кыра куораттарга ордук болҕомтону ууруохтаахпыт — ол туһунан кэнники кэмҥэ куруук этэр буоллубут. Инфраструктураны кытта сибээстээххэ болҕомто уурабыт, бастатан туран, территориялар биир кэлимник сайдыыларыгар, тимир суолга, массыына суолугар, авиацияҕа, муора суолугар, өрүс суолугар — бу туһунан эппитим, бу үүнүү биир драйвера, манна биһиги элбэх кыаҕы угуохпутун наада», — диэтэ кини.