Калининградка Бүтүн Россиятааҕы норуот фрона “Кырдьык уонна сиэрдээх буолуу” тутулуга суох регионнааҕы уонна олохтоох сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ медиафорум ыытта.
Федеральнай Мунньахха туһаайан тыл эппит бэрэсидьиэн сарсыҥҥы күнүгэр бэйэтэ даҕаны ол долгунугар сылдьара. Кини суруналыыстар сэбилэниигэ сыһыаннаах ыйытыыларыгар биһиги супер-сэбиргэлбит тактико-техническэй характеристикаларыттан астына-дуоһуйа цитаталаабыта. Сорохтор бу түгэни АХШ Конгреһыгар туһаайыы курдук ылыммыттара. Россия ядернай сэбилэниигэ баһыйар буолан, хас эмэ уонунан сылга эйэлээхтик олорорбутугар кыаҕы биэрэрэ саарбаҕа суох. Биллэрин курдук, үгүс “арҕааҥы партнердар” “Россия улуустарга арахсыаҕа”, оттон биһиги баайбыт-дуолбут “бүтүн аан дойдутааҕы бас билиинэн” буолуоҕа диэн эрэнэ саныыллар. Маннык санаалаах дьону Владимир Путин Анал этиитин байыаннай чааһа “уоскутуохтаах”.
Оптимизация туһунан
Киэҥ сирдээх-уоттаах Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар ирдэбили толорор ыарахан. Москва көҕүлүү сатыыр эмп тэрилтэлэрин сарбыйыытын утары Егор Борисов баһылыктаах регион салалтата тугу да сүтэрэрин кэрэйбэккэ “киирсибэтэҕэ” буоллар, бүгүн балаһыанньа уустук буолуо этэ. Тэйиччи сытар оройуоннарга балыыһалары оннунан хааллардыбыт. Тиксии таһыгар Ил-18 самолет ыараханнык олорбутун кэннэ олохтоох эмчиттэр көмөлөрүнэн бары эмсэҕэлээбиттэри атаҕар туруорар кыахтаммыппыт. “Бу Саха сиригэр бүттүүнүгэр эмтиир пууннар наадаларын дакаастыыр” , — диэбитэ оччолорго Ил Дархан.
Билигин дойдуга бүттүүнүгэр 2018 сыллаахха 1,3 млрд солкуобай тыа сиригэр фельдшерскэй уонна фельдшерскэй-акушерскай пууну тэрийиигэ эбии көрүллэр. Саха сиригэр киһи олоҕун уһуна 70 сааһы куоһарда уонна кэнники биэс сылга үчүгэй тэтим бэлиэтэнэр. Маныаха Саха сиринээҕи онкодиспансеры реконструкциялааһын төһүү буолуоҕа, быйыл федеральнай бүддьүөттэн 364 мөл. солк. бэрилиннэ.
Оскуола тиэргэниттэн ханна барабыт?
Үөрэхтээһин эйгэтигэр үөрэнээччилэр идэлэрин эрдэ талыыларыгар болҕомто ууруллуоҕа. Миллиард солкуобай кэриҥэ үп 100 тыһыынча 6-11 кылаас үөрэнээччитэ сүрүн тэрилтэлэргэ уонна бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ стажировканы баралларыгар көрүлүннэ.
Владимир Путин “World Skills” күрэхтэһии кыайыылаахтарын кытта көрсүһүүтүн туһунан астына кэпсээтэ.
Үөрэнээччилэри идэҕэ туһаайыы уонна бу хамсааһын сайдыытыгар Саха сирэ эмиэ үчүгэй көрдөрүүлээх. Регион министиэристибэтин чахчытынан идэҕэ туһаайар эбии үөрэхтээһининэн өрөспүүбүлүкэҕэ 3 тыһыынчаттан тахса үрдүкү кылааһын оҕолоро хабылыннылар. Үөрэнээччилэр 40 идэҕэ оробуочай идэлэри талаллар. Саха сирэ 25 сыл устата экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ салааларыгар дойду үрдүк рейтиннээх үрдүк үөрэх кыһаларыгар тус сыалынан ылыыга каадырдары бэлэмниир.
Саҥа собуота суох ырааппаккын
Көрсүһүүгэ экология тиэмэтин таарыйдылар. Путин быйыл Россия 300 тэрилтэтэ аныгы технологияларга көһүө диэтэ, онтон балтараа сылынан дойду бары бырамыысыланнай тэрилтэлэрэ. Бэрэсидьиэн саҥа производствоны арыйыыта суох ис баалабай бородуукта улаатарын туһунан этэргэ кэрэгэй диэтэ. Маныаха Уһук Илиҥҥэ эрэл улаханын бэлиэтээтэ. Путин манна туһаныллар ТОР-у дойдуга бүттүүнүгэр тарҕатар баҕа санаалаах.
Көрсүһүү блиц-ыйытыынан түмүктэннэ. Олоххо тугу сүрүн диигин диэн ыйытыыга Путин: “Түмүк”, — диэн хоруйдаата.
This post was published on 05.03.2018 16:49 16:49