Президент Владимир Путин искусственнай интеллект эйгэтигэр Россияҕа аан дойду таһымнаах учуонай-исписэлиистэри бэлэмниир туһунан сорук туруорда. Ол туһунан РИА Новости суруйда.
«Россия үөрэххэ уонна сыыппараҕа министиэристибэлэрэ искусственнай интеллект эйгэтигэр исписэлиистэри бэлэмниэн сөптөөх бастыҥ үрдүк үөрэх кыһаларыгар уонна «Сколковский институт науки и технологий» автономнай коммерческайа суох үөрэх кыһатын кытта миэрэлэри ыларгытыгар. Дакылааты 2024 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри күүтэбин», — диэн суруллар Кремль сорудахтарга саайтыгар.
This post was published on 19.01.2024 15:01 15:01