Владимир Путин быһа сибээс кэмигэр Арктикаҕа төннүү туһунан эттэ

РФ президенин быһа эфирин кэмигэр Санкт-Петербург куоракка Балтийскай собуокка “Арктика” диэн ааттаах аан дойдуга ханна да суох улахан ледокол тутуллан бүтэн эрэрин туһунан көрдөрөн аһардылар. Владимир Путин манна даҕатан Арктическай зона туһунан: “Арктика – Россия сайдар кэскилэ. Билигин манна болҕомтобутун уурдубут, бу боппуруоска төнүннүбүт”, — диэн бэлиэтээтэ.


Владимир Путин хотугу муора суолун туһунан этэригэр, бу ледокол көмөтүнэн арктическэй навигация уһаан биэриэҕин, билигин сырыыта суох суол кэнэҕискитин толору туһаныллыаҕын эттэ. “Айылҕабыт уларыйа турар. Ити барыта навигацияҕа быһаччы дьайар. Хотугу муора суолун сөргүтүү биһиэхэ стратегическэй суолталаах. Онон манна болҕомто ууруллара наада”, — диэн иһитиннэрэр.

Манна сыһыаран кини, Арктикаҕа атын дойдулар эмиэ харахтарын хатыылларын этэн туран, хонтуруолу күүһүрдүөххэ наадатын ыйда.

Ыспыраапка: Биһиэхэ арктическэй навигация атырдьах ыйыттан саҕаланар. Кэлиҥҥи кэмҥэ өрүстэр кирбиилэригэр уу чычааһыран, суудуналар хас эмэ күнү быһа турарга күһэллэллэр. Ол түмүгэр таһаҕас кыайан тиийбэккэ хаалар түгэнэ эмиэ баар. Ону сэргэ, быйыл хотугу улуустарга хаар халыҥнык түһэн, кыһыҥҥы суол хойут аһылынна. Онон Ил Дархан Егор Борисов саппаас аһы-үөлү, оттугу олунньуга диэри тиийэр гына эбэн биэрэргэ диэн сорудахтаан турар. Ону таһынан, аҕыйах сыллааҕыта тэриллибит “Арктика суоллара” тэрилтэ үлэтин кэҥэтэргэ эппитэ.

This post was published on 16.06.2017 14:33 14:33