Арассыыйа бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин 8-17 саастаах оҕолордоох социальнай өйөбүлгэ наадыйар ыалларга кытта ыйдааҕы төлөбүр туһунан ыйаахха илии баттаата. Ол туһунан ТАСС биллэрэр.
Төлөбүр олорор региоҥҥа тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн үрдүгэ суох дохуоттаах ыалга тиксэр кыахтаахтар. Төлөбүр суумата региоҥҥа тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 50%, 75% эбэтэр 100% тэҥнэһиэн сөп, бу ыал дохуотуттан быһа тутулуктаах.
Бырабыыталыстыба ыйдааҕы төлөбүр ананарыгар наадалаах докумуоннарын испииһэктэрин бигэргэтиэхтээх, ону тэҥэ РФ субъектарын былаастарын кытта ыам ыйын 1 күнүгэр диэри дьон төлөбүрү ыларга сайаапканы араас ньыманан туһаналларыгар бары усулуобуйаны оҥороллорогурар сорулдахтаата: МФЦ, госуслуги уонна региоҥҥа баар порталлар нөҥүө. Ону таһынан кабмин регионнарга төлөбүрдэри биэрэргэ көмөлөһүөн сөбүн биллэрдэ.
Төлөбүрдэри муус устар 1 күнүттэн ааҕыахтара, уонна ыам ыйын 1 күнүттэн биэрэн саҕалыахтара.
This post was published on 01.04.2022 09:57 09:57