30 Алтынньы 30.10
  • -17°
  • $ 97,33
  • 105,44

Владимир Прокопьев: «Ил Түмэн дьокутааттарын сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн Уһук Илиҥҥи гектар сокуонугар нэһилиэнньэ интэриэһин көмүскүүр элбэх уларытыы киирдэ»

10:16, 08 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьокутааттарын сыралаах, дьаныардаах үлэлэрин түмүгүнэн федеральнай сокуон барылыгар элбэх уларытыы, олохтоох нэһилиэнньэ интэриэһин көмүскүүр туруорсуулар киирэллэрин ситистилэр.


 Бу туһунан Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев кэпсээтэ:

— Муус устар 6 күнүгэр Москва куоракка Судаарыстыбаннай Дума тустаах кэмитиэтин сүбэ мунньаҕар «Уһук Илиҥҥи гектар» сокуон бырайыагын иккис ааҕыыга киллэрэргэ этиилэри дьүүллэстилэр.

Барыта 94 көннөрүү киирбититтэн, 51 көннөрүү өйөбүлү ылан бигэргэннэ, 43 этии ааспата. Дьүүллэһии түмүгүнэн Саха сирин үгүс этиитэ бигэргэтилиннэ. 2015 сыл тохсунньутугар РФ Президенин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бу сокуон ылыллыахтааҕын туһунан этиитин дойду Президенэ Владимир Путин өйөбүлүн ылыаҕыттан, мин салайар сис кэмитиэтим бу сокуоҥҥа этиилэри түмүү, ырытыы үлэтин саҕалаабыта. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков Судаарыстыбаннай Думаҕа буолбут мунньахха сокуон барылын сүрүн концепциятыгар тохтоото, өрөспүүбүлүкэ киллэрбит этиилэрин сырдатта уонна бу этиилэри ылыналларыгар туруоруста. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар бу сокуон киириитигэр араас санаа баарын, Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук атын уобаластарыттан, кыраайдарыттан тыйыс усулуобуйалааҕын, олохтоох нэһилиэнньэ үйэлэргэ илдьэ кэлбит олохторун укулаатын учуоттуур наадатын бэлиэтээтэ.

Уопсайынан, Судаарыстыбаннай Дума, Ил Түмэн тустаах кэмитиэттэрэ, РФ Уһук Илин сайдыытыгар министиэристибэтэ биир тылы буланнар, бу сокуон барыла чочулунна уонна тупсарылынна. Судаарыстыбаннай Дума кэмитиэтин мунньаҕар өссө саҥатык этиилэр дьүүлэһилиннилэр, сүрдээх сытыы кэпсэтии буолла.

Холобур этэр буоллахха, «ценз оседлости» диэни киллэриэххэ, РФ субъегын сокуонунан боломуочунайы ханнык уорганнарга сүктэрэри быһаарыы, сокуону түһүмэхтээн киллэрии, онтон да атын саҥа этиилэр тула дьүүллэһии барда. Бу этиилэртэн «ценз оседлости» Конституцияҕа сөп түбэспэт диэн ааспата, боломуочунай уорганнарынан олохтоох салайыныы уонна ситэриилээх былаас уорганнара буоллаллара чуолкайданна.

Дума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Русских, кини солбуйааччыта Мартин Шаккум Саха Өрөспүүбүлүкэтин этиитин, сокуону түһүмэхтээн киллэриини биһирииллэрин, ол эрээри итини РФ Бырабыыталыстабата өйөөбөтүн биллэрбитин түмүгэр, Дума пленарнай мунньаҕар сокуон барыла иккис ааҕыыга, эбэтэр Федерация Сэбиэтигэр көрүүгэ өссө дьүүллэһии барыа диэн быһаарыы ылыннылар. Ол эрэн Саха Сирин олохтоохторо 2016 сыл алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэ территориятыгар сир учаастагын ылаллара мэктиэлэнэр. РФ атын олохтоохторугар ахсынньы 1 күнүттэн сир учаастага түҥэтиллэр.

Судаарыстыбаннай Дума регламенын быһыытынан уларытыылары Дума дьокутааттара уонна Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ киллэрэр бырааптаахтар. Биһиги этиилэрбитин өйөөн уонна бэйэтин аатыттан киллэрэргэ биир дойдулаахпыт Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Александр Акимов илии баттаан сөбүлэстэ. Дьүүллэһиигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьокутааттара көхтөөхтүк кытыннылар. Виктор Губарев – сокуону түһүмэхтээн киллэриигэ, Василий Власов — боломуочунай уорганы быһаарыыга санааларын эттилэр. Иван Шамаев Саха сиригэр сокуону атын болдьоххо киллэрэр туһунан этиитэ өйөбүлү ылбата. РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэлэ Саха сирэ РФ субъега буоларынан дойду үрдүнэн сокуон тэҥник олоххо киириэхтээҕин быһаарда. Саха Өрөспүүбүлүкэтин баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирэ Евгения Григорьева туспа туһаныллар территорияларга сир учаастагын түҥэтиини хааччахтыыр туһунан эттэ.

Дума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Русских, РФ Уһук Илин сайдыытын миниистирин солбуйааччы Кирилл Степанов сөптөөх кэпсэтии барбытын ыйан туран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ, Бырабыытылыстабата киллэрбит этиилэрэ сокуон тупсарыгар, Уһук Илин уокуругун бары олохтоохторугар туһалаах, интэриэстэрин учуоттуурун бэлиэтээтилэр.

Түмүккэ бэлиэтиэм этэ, билигин сокуону өссө да ситэрэн оҥорууга үлэлэһэ сылдьабыт. Ил Түмэн сыралаах үлэтин түмүгэр сокуон чочулунна, тубуста, Саха сирин олохтоохторун туһугар үлэлиэ диэн эрэбил баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА