Владимир Модосян: Виктор Лебедев Рио Олимпиадатын кэнниттэн спортан туораабат

Көҥүл тустууга аан дойду икки төгүллэхх чөмпүйүөнэ Виктор Лебедев Рио Олимпиадатын кэннитэн улахан спортан туораабат. Кини ыарахан ыйааһыҥҥа көһөр санаалааҕын туһунан кини тус тренерэ Владимир Модосян «Р-Спорт» агенствоҕа эттэ.


«Виктор Лебедев урукку ыйааһыныгар хаалара саарбах. Ыарахаҥҥа көһөр соруктаахпыт. Кини билигин күүстээх ыгылыйыыттан тахсыан, сынньаныан наада», — диир Владимир Модосян.

Рио Олимпиадатыгар Лебедева иккис тустуутугар хотторуута бөрүкүтэ суох быһыыттан-майгыттан төрүөттэммитин тренер этэр.

«Ким, туох барыта: суут, күрэхтэһии кини утары курдук буолбут балаһыанньата тыҥаабыта. Маннык ыгыыны тулуйар киһи ахсааннаах буолуо. Виктор уон кэриҥэ киилэни бырахпыта, ону таһынан күүстээх утарсааччыны бастакы тустуутугар кыайбыта. Иккискэ эмиэ кыайыа дии санаабыппыт, ол эрээри киһи муҥутуур кыаҕа бүтэр уһуктаах», — диир саха тустуугун тренерэ.

Виктор Лебедев Иван Ярыгин бирииһигэр Гран-при турнирыгар баҕар, кыттыаҕа. Ити күрэхтэһииттэн кини 2015 сыллаахха кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Ону таһынан үрүҥ көмүс (2009) уонна икки боруонса мэтээллэри ылары ситиспитэ (2010, 2016).

«Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, кэлэр сыл тохсунньутугар Красноярскай куоракка Иван Ярыгин турнирыгар бастакы саҕалааһыны оҥоруохпут», — диир Модосян.

Санатар буоллахха, Виктор Лебедев Рио Олимпиадатын көбүөрүгэр 57 кг диэри ыйааһыҥҥа тахсыбыта. Бастакы тустуутугар Азия чөмпүйүөнүн, Индия спортсменын  Томар Сандипы 7:3 ахсаанынан хоппута. Финал ¼ аан дйоду чөмпүйүөнүгэр Хасан Рахимига (Иран) кыайтарбыта.

This post was published on 26.08.2016 15:20 15:20