Нолуок бэлиитикэтин туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун 6 ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрии урбаанньыттар улахан аҥаардарыгар охсуулаах буолан таҕыста. Ол туһунан муус устар 23 күнүгэр ыытыллыбыт Ил Түмэн уочараттаах алтыс пленарнай мунньаҕар урбааҥҥа быһаччы сыһыаннаах дьокутааттар эттилэр.
Кинилэр УСН судургутуллубут нолуок ыстаапкатын үрдэппэккэ 2,7% оннунан хаалларар туһугар былырыыҥҥаттан үгүстүк этиммиттэрэ. Нолуогу төлөөччү нэһилиэнньэ, онон нолуок ыстаапката үрдээтэҕинэ, аска-үөлгэ, өҥөҕө сыана ыарыан сөбүн сэрэппиттэрэ.
СӨ Экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов сокуон барылын билиһиннэрбитинэн кэккэ урбаанньыттарга 2024 с. тохсунньу 1 күнүттэн судургутуллубут нолуокка намтатыллыбыт ыстаапка көрүллүөхтээх. Кинилэр ахсааннарыгар социальнай өҥө, ас-үөл, утах атыыта, сухопутнай тырааныспарынан куорат иһигэр уонна кытыы бөһүөлэктэргэ дьону таһыы, киинэни, телевизионнай бырагырааманы оҥоруу, аудио роликтары устуу, сынньалаҥ уонна тематическай пааркалар, кинигэни оҥоруу, култуура, успуорт салаатыгар үөрэх, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтии, бөҕү хомуйуу, иккис сырьену переработкалааһын о.д.а. киирбит.
Уопсайа социальнай хайысханан үлэлиир 1600 урбаанньыт намтатыллыбыт ыстаапканан туһанар кыахтаныаҕа, ол түмүгэр судургутуллубут нолуоктан бүддьүөккэ үс сыл иһигэр быһа холоон, 477 мөл. солк. киириэ суоҕа.
Санатан эттэххэ, 2022 с. өрөспүүбүлүкэ УСН судургутуллубут нолуок ыстаапкатын дохуоттан ороскуоту көҕүрэттэххэ, 5% диэри, дохуокка 1% диэри аччатарга сокуон ылыммыта. 2023-2025 сс. нолуок ноҕорууската эмискэ үрдүүрүн тохтоторго ыстаапканы сыыйа-баайа үрдэтиэхтээхтэр, ол аата нолуок урукку ыстаапкатыгар төннүөхтээхтэр.
Бары муниципальнай тэриллиилэргэ судургутуллубут нолуок ыстаапкатын дохуоттан ороскуоту көҕүрэттэххэ 2024 с. 6,7%, 2025 с. 7,8%, 2026 с. 8,9% киириэхтээх. РФ нолуогун кодаксатын быһыытынан, УСН судургутуллубут нолуок ыстаапката күн бүгүн 15%.
Дьокуускай, Мииринэй, Ленскэй, Алдан куораттарга нолуок ыстаапката 2024 с. 2,7%, 2025 с. 3,8%, 2026 с. 4,9% буолуохтаах. Атын муниципальнай тэриллиилэргэ 2024 с. 2,7%, 2025 с. 3,1%, 2026 с. 3,5% нолуок ыстаапката көрүллүбүт.
Аартыка улуустарыгар бары урбаанньыттарга 2% нолуок быһыллыбыт, кинилэр ахсааннарыгар итирдэр утаҕы атыылыыр дьон киирбэттэр.
СӨ Экэниэмикэтин миниистирэ Петр Попов дакылаатын истэн баран дьокутааттар ыйытыктары биэрдилэр. Гаврил Парахин нолуок ыстаапката 4,4% диэри ханнык салааҕа үрдүүрүн туоһуласта. Миниистир быһааран биэрбитинэн, намтатыллыбыт ыстаапканан туһанар үөһэ этиллибит бөлөххө киирбэтэх урбаанньыттарга 2024 с. нолуок ыстаапката 4,4%, 2026-2027 сс. 6% буолуохтаах.
116000 урбаанньыттар 4,4% нолуогу төлүөхтэрэ, намтатыллыбыт ыстаапканан, төгүрүтэн эттэххэ, 2000 кэриҥэ киһи туһаныаҕа.
Владимир Федоров иккис сырьену переработкалааһынынан төһө элбэх тэрилтэ дьарыктанарын интэриэһиргээтэ. Петр Попов этэринэн, кытаанах бөҕү хомуйуунан, ону переработкалааһынынан 70 урбаанньыт дьарыктанар, кинилэр ахсааннарыгар Салайар хампаанньалар, «Якутскэкосети» киирэллэр. Нолуок ыстаапката намтатыллан, бу салааҕа үс сыл иһигэр бүддьүөккэ 14 мөл. солк. киирбэккэ хаалыаҕа.
Владимир Федоров Салайар хампаанньаларга, «Якутскэкосети» нолуок ыстаапката аччаатаҕына, кинилэр хомунаалынай өҥө тарыыбыгар, кытаанах бөҕү хомуйарга чэпчэтии оҥороллорун ситиһэргэ этии киллэрдэ. Нолуок ыстаапкатын аччатыы аһымал санаа аахсыйата буолбатаҕын санатта.
СӨ Экэниэмикэтин миниистирэ тэрилтэ ороскуота аччаатаҕына, тарыып кээмэйэ эмиэ хаттаан көрүллүөхтээҕин туһунан эттэ. Ону таһынан, тэрилтэ оборудованиетын саҥардарга намтатыллыбыт нолуок ыстаапката олохтонор.
Ил Түмэн урбааҥҥа уонна туризмҥа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Корнилов намтатыллыбыт нолуок ыстаапката үгүс урбаанньыттарга тарҕамматын, дохуоттан 4,4% тутуллара охсуулааҕын бэлиэтээтэ. Кини СӨ Урбаанын, атыы-эргиэн, туризм министиэристибэтигэр 2,7% ыстаапканы өр кэмҥэ хаалларарга туруорсубуттарын туһунан билиһиннэрдэ.
Виктор Федоров бу сокуону өйүүртэн туттунарын туһунан биллэрдэ, бэрт аҕыйах салааҕа чэпчэтии оҥоһуллар, оттон урбаанньыттар 95% итиннэ киирбэттэрин туһунан иһитиннэрдэ. Кини Экэниэмикэ министиэристибэтэ хайа салааҕа саамай аҕыйах урбаанньыт баарын булан, онно аат эрэ харата чэпчэтии оҥорон, кыра уонна орто урбааны өйүүргэ үлэлэспит курдук көстө сатыырын туһунан санаатын эттэ. «Ыстаапканы намтатар түгэҥҥэ маннык чэпчэтиини бары урбаанньыттарга уонна бастайааннай кэмҥэ оҥоруохха наада, өрөспүүбүлүкэ ону уйунар кыахтаах», — диэтэ дьокутаат.
Сокуон барылын ымпыгын-чыпмыгын илдьиритэн, дьүүллэһэн баран бүтэһик ааҕыыга ылыннылар.
Источник- Саха парламент саайт.