Владимир Членов быыбар туһунан: Саха сирин Арктиката кураанах куолуга итэҕэйбэт

Саха сирин хоту улуустара Госдума дьокутаатын быыбарыгар «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны өйөөтүлэр. Бу сир олохтоохторо кураанах куолу оннугар дьиҥнээх дьыала суолтатын өрө туталларын биллэрдилэр. Ол туһунан СИА-ҕа норуот дьокутаата, атыы-промышленнай балаата президенэ Владимир Членов бэлиэтээтэ.


«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны Саха сирин Арктиката талла. Кинилэргэ ким дьиҥнээхтик көмөлөһүөҕүн кинилэр дьэҥкэтик өйдүүллэр. “Дойдуну быыһааччылар” кураанаҕы кулгуйаллар», —диир Владимир Членов.

Итини таһынан Владимир Михайлович бэйэлэрин кандидатураларын киллэрбиттэри сөбө суохтук туоратыы оҥоһуллубутун этэр. «Биир мандааттаах уокурукка дьон кинилэр интэриэстэрин туруулаһар, туруорсар уонна ону олоххо киллэрэр дьону бэйэлэрэ туруоруохтаах. Андрей Борисов биһиэхэ барыбытыгар духуобунай лидер быһыытынан наада этэ, ону сиэрэ суохтук туораттылар», — диир кини.

Балаҕан ыйын 18 күнүгэр Госдума дьокутаатын баартыйалартан уонна биир мандааттаах уокуруктан таллылар. Саха сиригэр Нерюнгри, Эдьигээн уонна Булуҥ улуустарын баһылыктарын быыбардаатылар.

This post was published on 20.09.2016 12:51 12:51