«Вкус Якутии» ас бэстибээлэ онус төгүлүн ыытыллар. Кыайыылаахтар уонна анал бирииһи ылбыттар ааттарын ахсынньы 3 күнүгэр эттилэр.
Быйыл алта ресторан кытынна.
«Традиционная технология приготовления и подача блюд национальной кухни, в концепции национальных традиций народов Якутии» категорияҕа:
— «За лучшую презентацию дегустационного сета» номинация CHUKCHA ресторан;
— «За сохранение национальных традиций в приготовлении блюд» номинация «Орто Дойду» ресторан.
«Современная технология и подача блюд, в своей концепции заведения-участника, с использованием элементов культуры и традиций народов Якутии, а также использование местного сырья и продуктов» категорияҕа:
— «За лучшую презентацию дегустационного сета» номинация «Кантри стейк» ресторан;
— «За оригинальную рецептуру блюд в дегустационном сете» номинация «Зеленый город» ресторан;
— «За оригинальность и оформление современной подачи блюд в дегустационном сете» номинация «Кабинет» ресторан.
Хас биирдии кыайыылаахха сертификат уонна 30 тыһ солк туттардылар.
Атыы-промышленнай палата «Лучшее обслуживание и сервис» анал бирииһин «Аврора» ресторан тутта. Бэстибээл амбассадора, «Усадьба Атласовых» ресторан комплексын бренд-шеф повара Николай Атласов «За лучшее сочетание местных продуктов в блюде» бирииһин «Зеленый город» ресторан шеф-повара Дмитрий Ким тутта. «За инновации и применение новых технологий в приготовлении блюд» анал бирииһи «Аврора» ресторан шеф-повара Виктория Андреева ылла. «За профессионализм» бириискэ «Кантри стейк» ресторан шеф-повара Денис Ильюшин тигистэ.
Гран-при уонна 50 тыһ солк бириис «Аврора» рестораҥҥа бэрилиннэ.
This post was published on 04.12.2023 12:31 12:31