Витимҥэ муус хамсааһынын ыам ыйын саҕаланыытыгар күүтэллэр

Бүгүн, муус устар 21 күнүгэр, Иркутскай уобалас Уус-Кут куоратын оройуонугар кыралаан муус устар. Киренск-Марково хайысхатынан хамсааһын, кырыылааһын көһүннэ.


Иркутскай уобалаһыгар муус барыыта намыһах өттүгэр эрдэ бэлиэтэнэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар муус устар эргэтэ — ыам ыйын саҥата муус устуута саҕаланара күүтүллэр.

Лена үөһэ өттө арылыннаҕына, муус харыыта тахсыан, уу таһыамныан, намыһах сиргэ турар нэһилиэнньэлээх пууннары уу ылыан сөп. Сааскы халаан уута ааһыытыгар Лена үөһэ өттүгэр уу нуорматтан аллара буолара борогунуостанар.

This post was published on 21.04.2020 17:30 17:30