ХИФУ лиссиэйин 11 кылааһын үөрэнээччитэ Виктор Махатыров TutyCash диэн үбү-харчыны сатаан туһанарга үөрэтэр мобильнай оонньуу сыһыарыытын толкуйдаабыт. Бу туһунан университет пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Оонньуу аата «Тutor» – «репетитор», «cash» — харчы диэнтэн таҥыллыбыт. Сыһыарыы интэриэһинэй видеолартан, сорудахтартан турар. Ордук эрдэҕэс (подросток) дьоҥҥо аналлаах.
Виктор сыһыарыы боростой, ол эрэн туһалаах буоларыгар үлэлэһэр. Туох уларытыы, тупсарыы наадатын бириэмэ көрдөрүө. Атын толкуйдар эмиэ бааллар. Баҕар олору ылсыам, диир үөрэнээччи.
Соторутааҕыта Виктор Silicon Valley Camp диэн эрдэҕэстэргэ аналлаах биисинэс-оскуолаҕа үөрэнэн, сыһыарыытынан иккис миэстэни ылбыт.
«Биисинэс-оскуолаҕа кыттан мин Калифорнияҕа олорор бэйэм саастыылаахтарбын кытары билсэр буолбутум улахан ситиһиим дии саныыбын«, — диир Виктор Махатыров.
Кини быйылгыттан устудьуоннар OREH диэн биисинэс-инкубатордарын резиденэ.
«Алтынньыга, баҕар, Сколковоҕа «Open Innovation» тэрээһиҥҥэ барыахпыт. Инновационнай урбаанынан, дьоҥҥо туһалаах, наадалаах толкуйдары айар буоллаххытыны OREH биисинэс-инкубаторга киирэргитигэр сүбэлиибин. Салайааччы Анисия Лазарева үрдүк таһымнаах профессионал«, — диир Виктор Махатыров.
This post was published on 28.08.2020 12:02 12:02