19 Муус устар 19.04
  • -0°
  • $ 93,44
  • 99,58

VIII сайыҥҥы «Азия оҕолоро» оонньуулар бырагыраамаларыгар спорт саҥа көрүҥнэрэ киирдилэр

09:22, 28 октября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» норуоттар ардыларынааҕы сайыҥҥы оонньууларга эбии «стендовай» ытыы, саахымат, үҥкүү спорда, кикбоксинг киирдилэр. Маны сэргэ кэмитиэт киберспорду киллэриини толкуйдуур.

«Быйыл Владивостокка ыытыллыбыт сайыҥҥы оонньуулар уонна эһиил Кузбасска олунньу — кулун тутар ыйдарга буолар II кыһыҥҥы оонньуулар, атын дойдулар интэриэстэрин тардар. Азия дойдулара санкцияҕа кыттыбатылар. Кэлэр сайыҥҥы оонньууларга диэри биһиэхэ балтараа сыл хаалла», — диэтэ Айсен Николаев 2024 сылга Дьокуускайга ыытыллыахтаах оонньуулар мунньахтарыгар.

Регион баһылыга эппитинэн, тэрийэр кэмитиэти Россия президенин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев салайар.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Азия 40 дойдутуттан, 7 федеральнай уокуруктан уонна Россия регионнарыттан кытталларын эттэ. Оонньуулар кыттыылаахтарын уопсай ахсаана 3000 киһиэхэ тиийиэн сөп.

Күрэхтэһиилэр Дьокуускайга 21 спортивнай былаһааккаҕа тэриллиэхтэрэ. «Туймаада» стадион саҥардыллыаҕа. Уулуссалары, спорт эбийиэктэрин өрөмүөннүөхтэрэ, кыттааччылар аһыыр, олорор сирдэрин быһаарыахтара.

Сиһилии https://ysia.ru/novye-vidy-sporta-voshli-v-programmu-viii-letnih-mezhdunarodnyh-igr-deti-azii/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА