Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Саха сиригэр эриэн үөннэри устубут видео тарҕанна.
Эриэн үөннэри тутааччылар Мииринэй куораттан 15 км чугас көрбүттэр. «Якутия» технопарк биотехнология лабораториятын эспиэрэ бу видеоҕа гадюка буолалларын быһаарда. Бу Арассыыйа үрдүнэн сорох хотугу уобаластартан ураты тарҕаммыт дьааттаах сүлүһүннээх эриэн үөн. Эриэн үөннэри тутааччылар үлэ кэмигэр булбуттар. Тутуу ыытыллар сиригэр хороонтон барыта алта гадюка тахсыбыт.
«Саха сирин соҕуруу оройуоннарыгар бу эриэн үөннэр мэлдьи баар буолар этилэр, сороҕор киин уонна арҕаа улуустарга тиийэ тарҕаналлара кэҥээн иһэр. Дьокуускайга кытта көстүбүт түбэлтэлэрэ бэлиэтэммитэ. Өрүстэр сүүрүктэригэр бэрэбинэлэр үрдүгэр оҕустаран Саха сирин бары улуустарыгар тиийиэхтэрин сөп», — диэн Евгений Попов СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
Бу иннинэ былырыын Хатас уонна Табаҕа туһаайыытынан Өлүөнэ өрүс кытылыгар эриэн үөнү көрбүттэрин туһунан видео-устуу тарҕаммыта. “Якутия” технопаарка резиденэ, биолог Евгений Попов маннык эриэн үөн Саха сирин киин өттүгэр сэдэхтик көстөрүн, ол эрээри үөн тарҕанан эрэрин туһунан иһитиннэрбитэ. «Бу дьааттаах эриэн үөн сүрүннээн Саха сирин соҕуруу өттүгэр баар. Ол гынан баран, Саха сирин киин өттүгэр, ол иһигэр Дьокуускай таһыгар баар буолан эрэр. Бу эриэн үөн дьааттаах. Этэллэринэн, кини дьаата мөлтөх соҕус уонна күүскэ ытырыан сөп, сорох дьоҥҥо арыт араас содуллаах буолар. Сорох маннык эриэн үөн 60 сантиметртан 1 миэтэрэ уһуннаах буолар”, — диэн исписэлиис быһаарбыта, суруйла Саха сирэ саайт.