«Тирэх пууннарга үлэ күүскэ барар. Хас биирдии байыас күүтүүлээх бэлэҕи тутарыгар кыһаллаллар. Бэлэххэ киирэр саха деликатес аһа — эт, ыыһаммыт ас, балык, утах. Маны сэргэ уолаттар көрдөһүүлэринэн кинилэргэ докумуон угарга портмоне уонна өрөспүүбүлүкэ дьаралыктааах шеврон. Хас биирдии нобуорга төрөөбүт дойдуларын тыынын угабыт, сахалар сүрэхтэрин сылааһын», — диэн телеграм-ханаалга Ил Дархан Айсен Николаев суруйда.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Кыайыы күнүнэн байыастары эҕэрдэлээтэ: «Куруук өйдөөҥ, Эһиги — кыайыылаахтар эдэр көлүөнэлэрэ буолаҕыт, эһигинэн Саха сирэ барыта уонна модун Россия киэн туттар! Иннибит хоту – Кыайыыга!»
This post was published on 05.05.2025 15:01 15:01